🌞🌞🌞Хаҥалас уулуһун Сиинэтин таһыгар Хатыҥ Арыы арыыга бу курдук ураты кэрэ хатыҥ үүнэн турар. Видео устааччы хатыҥ лабаалара хойуутуттан сөҕөр-махтайар.
«Лабаалара, сэбирдэхтэрэ хойуута бэрт буолан илиигин уунан умнаһыгар сатаан тиийбэккин», – диир кини.
Айылҕа барахсан бүөбэйдээн, кичэйэн айбыт хатыҥчаанын дьон эмиэ харыстааҥ диэн Сиинэ олохтоохторо арыыга сынньанар дьонтон көрдөһөллөр.
